| Thursday 9 March 2023 |
00:00
 

1.1.1. Киирии тылы сахатытан са²арыы-суруйуу суолтата

Сахатытан саҥарыы-суруйуу саха тылын харыстыырга олус улахан суолталаах. Саха тылыгар эрэ баар, нуучча тылыгар суох дорҕоон баар диэн билэбит. Оттон саха саҥатыгар суох, нууччаҕа эрэ баар дорҕоону саха алфавитыгар киллэрэн, саха тылыгар баар дорҕоон курдук үөрэтэ сылдьабыт, киирии тыл нууччалыы сурулларын сыыһа курдук ылыммаппыт. Онон сахатытан суруйуу олус уһун, саҥарарга да бытаан диэн сорох киһи сирэр. Киирии тылы итинник сахатытан саҥарбатахпытына, саҥарар саҥабыт, ол аата тылбыт дорҕооно күүскэ уларыйар, нууччалыыга көһөр суолга киирэр - сахалыы саҥа дорҕооно уларыйан, саҥарар уоргаммыт олоруута, хайдах хамсыыра (артикуляционнай база) улам нууччалыы буолан иґэр. Онон нууччалыы акценнаах саҥарар үөрүйэх олохсуйар, дьиҥ-чахчы сахалыы саҥа симэлийэн, сүтэн барар.

Киирии тыл нууччалыы сурулуннаҕына, сыһыарыыта эмиэ нууччалыы буолар: офицерскай састаап, армейскай «педагогика», ол кэннэ физико-математическай, санитарно-эпидемиологическай диэн этии элбии турар. Аны Бу ас эмиэ... витаминнар В, С, Д уонна провитамин А састааптаах диэн суруйаллар. Маннык суруллубуту киһи нууччалыы интонациялаан саҥарарыгар тиийэр. Өйдөөн иһиттэххэ, киһи аатын, дуоһунаґын, тэрилтэ аатын эҥин үгүс киһи нууччалыы интонациялаах этэр.

Итинтэн сиэттэрэн, тэрилтэ, дуоһунас аатыгар баар тардыы сыһыарыыта аныгы киһи тылыгар-өһүгэр сүтэн барар: Саха Республика, саха литература, нуучча литература диэн саҥарыы элбээн иһэр. Ити - киирии тылы сахатыппакка эрэ саҥарыы-суруйуу содула диэххэ сөп. Нуучча тылын итинник батыһартан род сыһыарыытын киллэрэн эрэллэр: эдэр воспитательница, баай предпринимательница; эдэр скрипачка айар киэ´этэ.

            Саҥарар, суруйар үөрүйэх нууччалыы тартарыылаах буолан, дорҕоону саҥарыы эрэ буолбакка, грамматика эмиэ уларыйан барар - тардыы сыһыарыыта симэлийэр, род өйдөбүлэ киирэр, даҕааһын халыыба, тыл бэрээдэгэ уларыйар. Төрөөбүт тылбыт чөл туруктаах буоларын наадатыгар саҥарар саҥабыт дорҕоонун чөл хаалларыахтаахпыт, ол аата суруйарбытыгар киирии тылы төһө кыалларынан элбэхтик сахатыта сатыахтаахпыт, сахатытан суруйуу, саҥарыы үөрүйэҕин олохтоон, дьоҥҥо-сэргэҕэ тарҕатан, нуорматын, үөрүйэҕин чиҥэтиэх тустаахпыт. Ол туһугар хас биирдии сахалыы суруйар киһи киирии тылы таба суруйуу быраабылатын эҥкилэ суох тутуһара, ол иһигэр сахатыйбыт барыйааны хото туттара наада.

            Мантан салгыы киирии тылы таба суруйуу быраабылатын таблица быһыытынан биэрэбит. Ускуопка иһигэр быраабыла «Сахалыы таба суруйуу тылдьыта» (Дьокуускай, 2001) кинигэҕэ баар нүөмэрэ суруллар.

1.1.2. Киирии тылы таба суруйуу

1 (46) быраабыла.

Киирии тылы таба суруйууга маннык сүрүн ирдэбил баар:

1)Олохсуйбута өр буолбут, киэҥник туттуллан сахалыы көрүҥнэммит (остуол, куорат, дьыала), ону сэргэ саха тылын сокуонугар дэбигис сөп түбэһэр, үөрүйэх буолбут киэҥ туттуллуулаах тыл (ырыынак, киинэ, тиэмэ) сахалыы көрүҥүнэн суруллар.

2)Саха тылыгар араастык этиллэ сылдьар, үөрүйэх буола олохсуйа илик тыл (бизнес - биисинэс, рентген - эрэнгиэн, самолет - с³м³лµ³т) сахалыы да нууччалыы да көрүҥүнэн суруллар.

3)Наука, техника, политика эйгэтигэр киэҥник туттуллар уонна саха тылын сокуонугар дэбигис бэриммэт тыл (архитектура, полиграфия, мультимедиа) олоҕо нууччалыы көрүҥүнэн суруллар.

2 (58) быраабыла.

Киирии аат тыл сыһыарыытын аһаҕас дорҕооно маннык буолар:

Тыл оло±ун дор±ооно

Сыґыарыы а´а±ас дор±ооно

Холобур

Биир эмэ а, о, у, ы, ё, ю, я

ы, а

Самолетунан

Наар и, е, -тель

и, э

Воспитателинэн

Бүтэһик сүһүөххэ у, ю, охсуулаах о

у, а

Полюһу

3 (48) быраабыла.

Нууччалыы суруллар даҕааґын аат, даҕааһын аат формалаах географическай аат, эр киһи араспаанньата, -ск буукубанан бүтэр куорат аатын  сыһыарыыта маннык:

Биир эмэ а, о, у, ы, е, ю, я

 -ай

Математическай

Наар и, е, э, -тель

-эй

Ленскэй

Охсуулаах о дорҕоонунан бүтэр

 -ой

Чусовской

4 (50, 53) быраабыла.

Тыл бүтэһик бүтэй дорҕооно маннык уларыйар:

Тыл бүтэһик бүтэй дор±ооно

Бүтэһик бүтэй дор±оон уларыйбыта

Холобур

с, з, ж, ц, ш, щ, ч

Һ

француһу, шприһи

ф, п

Б

пикабы, фотограбы

В

В

Сивцеви, удавы

к, х

г, ҕ

зонтигы, штриҕи

5 (51, 55) быраабыла.

Хоһуласпыт эбэтэр сэргэстэспит бүтэй дорҕоонунан бүтэр тылга сыһыарыы эбиллэригэр бүтэһик буукуба түһэр. Хаалбыт бүтэй дорҕоон саха тылын сокуонунан уларыйар:

Тыл түспэккэ хаалбыт бүтэһик бүтэй дор±ооно

Бүтэһик бүтэй дор±оон уларыйбыта

Холобур

с, з, ж, ц, ш, щ, ч

Һ

подъеһы, Будапеһынан

ф, п

Б

либи, рецебигэр

В

В

Терапевынан

к, х

г, ҕ

Контрагар

Туорааґын: фрукт - фруктанан, ринг - рингэҕэ, ранг - рангалаах.

6 (52) быраабыла.

-рт, -рд дорҕоонунан бүтэр тыл кэнники сүһүөҕэ:

-охсуулаах буоллаҕына түөрт диэн тыл курдук уларыйар: спорт - спорду, спорка.

-охсуута суох буоллаҕына бүтэһик дорҕоон түһэр: паспорт - паспоры.

7 (54) быраабыла.

Сэргэстэґэр бүтэй дорҕоонунан бүтэр тыл олоҕор сыһыарыы эбиллэригэр кыбытык аһаҕас дорҕоон суруллар.

Тыл бүтэһик бүтэй дорҕоонноро

Тыл аһаҕас дорҕооно

Эбиллэр кыбытык дор±оон

Холобур

-лк, -нк, -ск, -рк, -рб, -рв, -рф, -мб, -мп,

-йд, -нд

биир эмэ а, о, у, ы,

ё, ю, я

ы, а

полкабыт, киоскаҕа

наар илин аһаҕас

и, э

циркэттэн, небинэн

8 (55) быраабыла.

Киирии тыл уларыйарыгар тыл бүтүүтүгэр турар ь маннык буолар:

1)ь түһэр:

-тыл бүтүүтэ ль буукубаттан атын буоллаҕына (токарь- токарга, пекарь - пекардар)

-тыл л буукубанан бүтэр, сыһыарыы л буукубаттан эбэтэр аһаҕас дорҕоонтон саҕаланар буоллаҕына: (Кремль - Кремллээх, кабель - кабелы, ансамбль - ансамбллары)

2)ь түспэт:

-ль буукубанан бүтэр тылга л-тан атын дорҕоонунан саҕаланар сыһыарыы эбиллэригэр (Кремльгэ, кабельбыт, ансамбльгар*).



* Сыґыарыы эбиллэригэр хас да бµтэй дор±оон кэккэлэґэр тµбэлтэтигэр сахатытар ордук - ансаамбылгар.

00:00
 

1 эрчиллии. Киирии даҕааһын аат сыһыарыытын ситэрэн сурйуҥ.

            Федеральн... сокуон, делов... көрсүһүү, химическ... промышленность, математическ... факультет, синтетическ... матырыйаал, функциональн... диагностика, медицинск... литература, филологическ... наука доктора, фонетическ... сокуон, художествен... музей, хоров... куруһуок, фронтов... ырыа, атомн... электростанция,  грузов... массыына.

2 эрчиллии. Анал аат сыһыарыытын ситэрэн суруйуҥ.

1. Охотск... муора,  Тих... акыйаан, Скандинавск... тумул арыы, Красноярск... кыраай, Минск... куорат, Тверск... бульвар, Максим Горьк..., Александр Невск..., Дмитрий Донск... .

2. В Омске - Омскайга; Курск...., Новсибирск..., Свердловск...., Хабаровск...., Верхоянск..., Депутатск...,  Нижнеянск..., Черск..., Ленск...,

3. В Олекминске - Өлүөхүмэҕэ, в Среднеколымске, в Жиганске, в Вилюйске, в Верхневилюйске, в Анабар, на Алазее.

3 эрчиллии. Тылы уларытан суруйуҥ. Тыл олоҕун бүтэһик дорҕооно хайдах уларыйарын быһаарыҥ.

А) килограмм - килограммы, килограмҥа;  кристалл, грипп, лозунг, дифтонг, митинг, терапевт, антракт, контракт, студент, музыкант, мамонт, машинист, бюст, подъезд, лифт.

Б) Мин (кими?) Филипп... уруккуттан билэбин. 2. Грипп... (туохтан?) харыстаныахха наада. 3. Бу (тугунан?) рецепт... эми босхо биэрэллэр. 4. Эһэм бөдөҥ(тугунан?) шрифт... бэчээттэммит кинигэни эрэ ааҕар. 5. Лифт... (тугунан?) уон иккис этээскэ тахса оҕустубут. 6. Ардах түспүтүгэр подъезд... киирэн абыранныбыт.

00:00
 

6 эрчиллии. Үөкээбит аат тыл этиигэ хаста туттуллубутун көрүҥ. Таска ааҕан, киһи саҥата хайдах иһиллэрин болҕойуҥ. Көннөрөн ааҕыҥ.

Өйдөө²-ааһын, -ыы сыһыарыынан үөскээбит аат тыл дьыала истиилигэр дьүөрэлээх. Атын истиилгэ, көннөрү кэпсэтиигэ наһаа элбээтэҕинэ, киһи саҥата һуу-һаа, ыы-аа диэн дьааһыйар дуу, ытыыр дуу курдук иһиллэр.

1. Мустубут дьон ядернай буомбалааһыны салҕааһыны утараллар. 2. Баан үбү-харчыны хамнаһы төлөөһүҥҥэ, улуустары үбүлээһиҥҥэ, араас кыһалҕаны бүөлээһиҥҥэ тутунна. 3. Уураах туолуутун хаамыытын бэрэбиэркэлээһин барда. 4. Кадр барыыта, саппаас чаас тиийбэт буолуута, үлэ кээмэйэ сарбыллыыта салҕанан барар. 5. Саахалланыы төрүөтүнэн салгыҥҥа көтүү быраабылатын кэһии буолбут. 6. Кириитикэ обществоны кэхтииттэн, буомурууттан, улугурууттан сэрэтэр. 7. Дьүүллэһии сири муниципальнай бас билиигэ биэрии тула барда.

7 эрчиллии. -ааһын сыһыарыылаах аат тыл хайдах үөскээбитин быһаарыҥ. Сыһыарыыны алҕас туттартан тыл суолтата хайдах уларыйарын көрүҥ. Этиини көннөрөн ааҕыҥ.

Өйдөө²: -ааһын сыһыарыы аһаҕас дорҕоонунан бүтэр туохтуурга, -ыы сыһыарыы бүтэй дорҕоонунан бүтэр туохтуурга эбиллэр: санаа - санааһын, сап - сабыы.

1. Быйыл ахсынньыга Ил Түмэн депутаттарын талааһын буолар. 2. Билигин дьону сирдээһин-уоттааһын үлэтэ саҕаланна. 3. Сааскы ытааһын саҕана дэриэбинэҕэ эр дьону көрбөккүн. 4. Саҥа оскуоланы аһааһын бэркэ ааста. 6. Оҕо сайдааһыныгар көмө оҥороллор. 7. Биригэдьиир кэлэн үлэҕэ ыйааһын биэрэр. 8. Водовозтар толору уулаах хонуулара ирдэнэр.

8 эрчиллии. -аа´ын, -ыы сыһыарыынан үөскээбит аат тылы атын халыыбынан солбуйан ааҕыҥ.

Төрүт аат тылынан.

А) 1. Оҕо идэтин таларыгар төрөппүт сүбэлээһинэ (сүбэтэ) наада. 2. Мунньахтааһын кэнниттэн концерт буолла. 3. Улахан ардах оттооһун үлэтин атахтаата. 4. Уһун айаннааһын кэнниттэн бары да сылайбыт көрүҥнээх этибит. 5. Билигин хаһыат аайы кириитикэлээһин элбэх. 6. Роман сахалыы тылбаастааһына балачча үчүгэй. 7. Бу айымньы туһунан туох түмүктээһини оҥороҕутуй? 8. Ханнык да албыннааһына суох үлэлиэххэ наада. 9. Хонтуруоллааһын лаппа күүһүрүөҕэ. 10. Үлэҕэ араас мэһэйдээһин элбэх.

Б) 1. Биһиги махтаныыбыт муҥура суох. 2. Мин баҕарыым туолуо диэн эрэнэбин. 3. Итинник сиэрэ суох быһыыланыы саха  өйүгэр-санаатыгар баппат. 4. Тэрилтэлэр саҥа сыһыаннаһыыны олохтоотулар. 5. Сүрэх ыарыытын тииһигириитэ сотору-сотору киирэрэ. 6. Манна уруулуу сыһыаннаһыы баара көстөр. 7. Эһиги истээччилэрбит эҕэрдэлээһиннэрин истэҕит. 8. Опыт тарҕатыыга үлэлээһин саҕаланна.

Аат туохтуурунан.

1. Аһы-таҥаһы харыстааһын (харыстыыр), кэмчилээһин (кэмчилиир) наада. 2. Эһэм миигин күнү-дьылы билгэлээһиҥҥэ үөрэппитэ. 3. Айылҕаны харыстааһын үгэһин тилиннэриигэ үлэ син барар. 4. Ирбэт тоҥ үөскээһинин биричиинэтэ олус тымныы кыһын уонна кылгас, сөрүүн сайын буолар. 5. Сыана үрдээһинэ кими да үөрдүбэтэ чахчы. 6. Саҥа ньыманы олохтооһуҥҥа үп-харчы наада. 7. Литература кырдьыгын кэпсээһинэ олох кыаллыбат буолбута. 8. Киһи-сүөһү уокка былдьаныытын куттала суоһуур.

9. Ыччаты сахалыы иитиигэ (иитэргэ) литература оруола улахан. 10. Суруйааччы кыра норуот тиллиитин, уһуктуутун, хараҕа аһыллыытын ойуулаабыта. 11. Кинилэр олоҕу үрүҥ-хара кыраасканан көрдөрүүнэн муҥурданыыга тиийбиттэрэ. 12. Учууталбыт биһиэхэ Турцияҕа бара сылдьыытын туһунан кэпсээтэ. 13. Конференция ситиһиилээхтик барыытыттан үөрдүбүт. 14. Сыана ыараан иһиитэ бэлиэтэнэр. 15. Булчуттар хойутаан тиийэн, дьиэ-уот тэринии кыһалҕатыгар түстүлэр.

iCal