ТАБА САҤАРЫЫ (ААҔЫЫ)
1.Таба саҥарыы
Дорҕоону саҥарыы араас истиилгэ эмиэ атыннаах буолар. Холобур, киһи саҥарар органын итэҕэһинэн, омук тылын эбэтэр диалект сабыдыалынан дорҕоону араастык саҥарыан сөп. Күннээҕи кэпсэтиигэ ол улахан мэһэй буолбат. Оттон киэҥ аудиторияҕа, мунньахха, радио, телевидение биэриитигэр ким баҕарар чуолкайдык саҥарара наада.
Саха уонна нуучча тылын артикуляционнай базата атына элбэҕиттэн сылтаан нууччалыы үчүгэйдик саҥарар киһи сахалыы саҥатыгар, ол быыһыгар эстрада ырыаһыттарын, саха радиотын, телевидениетин диктордарын саҥатыгар кытта, билигин нууччалыы акцент күүһүрэн иһэр.
Таба саҥарыы литературнай нуорматыгар (орфоэпия) ханнык да омук тылыгар толору истиил, ол аата дорҕоону уларыппакка, көтүппэккэ, тылы чуолкай иһиллэр курдук этии ирдэнэр. Оттон саха тылыгар уһун-кылгас аһаҕас дорҕоон, дифтонг, хоһуласпыт-хоһуласпатах бүтэй дорҕоон тыл суолтатын уларытарын быһыытынан ол ирдэбил өссө улаатар.
Сахалыы саҥаҕа бэлиэтэнэр алҕас маннык:
1. Аһаҕас дорҕоону уларытыы:
- уһун аһаҕас дорҕоону кылгатыы, кылгас аһаҕас дорҕоону симэлитии (редукция): күнн[э]х саас, к[ү]ст[э]х таптал, мин манна [ү]ммүтүм, [о]ннь[у]р, ч[а]с, бо[ппъ]р[о]с, [хъ]л[а]н [у]та;
- дифтону нууччалыы охсуулаах аһаҕас дорҕоонунан солбуйуу: с[о]х, [о]нна, инньэ д[э], [ө]рэх, күн тыгара т[о]х да б[о]лб[а]т[аа]ныы.
- тыл иннигэр [о] аһаҕас дорҕоону [а] курдук саҥарыы: С[о]рун [Ама]лон, [А]юнскай, [а]л[а]нхо;
- киирии тылга аһаҕас дорҕоон дьүөрэлэһэр сокуонун кэһии: СР Президен[а], Мирн[а]йга, эфирг[а];
- бүтэй дорҕоонунан бүтэр тыл кэннигэр аһаҕас дорҕоону кыбытыы (призвук): аҕыс+ы+кыраадыс+ы+сылаас, истиҥ+и+биллэриини биэриини, хантан+кэлбитэ биллибэт, республика сонунун+у+биэрэбит.
2. Бүтэй дорҕоону уларытыы:
- хоһуласпыт бүтэй дорҕоону чуолкайа суох саҥарыы: ха[л]ан, дьо[л]ох, сэ[т]э, тиэргэ[м]ин күрпү[п]эр ту[л]уктар түспү[т]эр;
- дорҕоону литературнайа суох варианынан саҥарыы: [һ]аха, [һ]аҥарар Дьокуускай, киһи бара[хх]ан, а[лль]а[х]ай буолбут, таһырдьа [һ]ы[лль]ар;
- киирии тыл сыһыарыытыгар бүтэй дорҕоон дьүөрэлэһэр сокуонун кэһии: университе[тк]а бардым, самоле[тк]а олордум;
-икки тылга баар дорҕоону «нууччалыы» саҥарыы: [т], [п], [к] бүтэй дорҕоону тыл бүтүүтүгэр толөрүйэр курдук саҥарыы (взрывной звук) - ат, ыт, от, хот, сап, бытык, хонук; [х] дорҕоону быыһылыыр оҥоруу - хара хара[х-х-х], ба[т]а[х-х-х,] Манньыаттаа[х-х-х].
3. Атын алҕас:
- сахатыйбыт киирии тылы нууччалыы саҥарыы: орто школа, договор тµ´эрсэллэр, книга уларсар, проект о²орор;
- дорҕоону «сиэн кэбиһии»: [саҥара Дьускай], [үтүө сарсанан], Дь[у]скай биэриитэ, сэттэ ч[а]с [о]н м[ү]тэ[э];
- кэккэлэһэ турар тылы биир тыл курдук силлиһиннэрэн этии: бу курдук - буурдук, олорон эрэн - олороорэн, тоҕуссүс аҕыһуонаҕыс.
Дорҕоону уларытыы аныгы ырыа тылыгар ордук элбэх: күн сирин [көрөрүү], күөх о[к]о түспүт[үү]м; мин сахаб[ыы]н, элбэхт[ээ]н б[и]ри талаб[ыы]н, т[а]йаб[ыы]н ыр[а]с+ы+кэск[ии]л к[ү]тэр+э+д[о] сахан[ыы]; т[уу]лаб[аа]р эргич-ч-ч[ии], т[оо]ҕо б[аа]с кэрэт[ээ]й, мин [х-х][а]лбыт[ыы]м+ы+соҕот[оо][х-х-х] [өө]һэ т[һ]ыына-т[һ]ыына, [ээ]нь[ии]гин б[аа]рытын б[ыы]раст[ы] г[ыы]на-г[ыы]на, о.д.а.
Онон дифтонг, уһун аһаҕас дорҕоон, хоһуласпыт бүтэй дорҕоон билиҥҥи саха тылын саамай кэбирэх миэстэтэ буолан эрэр диэххэ сөп.