СОРУДАХ-2
6 эрчиллии. Үөкээбит аат тыл этиигэ хаста туттуллубутун көрүҥ. Таска ааҕан, киһи саҥата хайдах иһиллэрин болҕойуҥ. Көннөрөн ааҕыҥ.
Өйдөө²: -ааһын, -ыы сыһыарыынан үөскээбит аат тыл дьыала истиилигэр дьүөрэлээх. Атын истиилгэ, көннөрү кэпсэтиигэ наһаа элбээтэҕинэ, киһи саҥата һуу-һаа, ыы-аа диэн дьааһыйар дуу, ытыыр дуу курдук иһиллэр.
1. Мустубут дьон ядернай буомбалааһыны салҕааһыны утараллар. 2. Баан үбү-харчыны хамнаһы төлөөһүҥҥэ, улуустары үбүлээһиҥҥэ, араас кыһалҕаны бүөлээһиҥҥэ тутунна. 3. Уураах туолуутун хаамыытын бэрэбиэркэлээһин барда. 4. Кадр барыыта, саппаас чаас тиийбэт буолуута, үлэ кээмэйэ сарбыллыыта салҕанан барар. 5. Саахалланыы төрүөтүнэн салгыҥҥа көтүү быраабылатын кэһии буолбут. 6. Кириитикэ обществоны кэхтииттэн, буомурууттан, улугурууттан сэрэтэр. 7. Дьүүллэһии сири муниципальнай бас билиигэ биэрии тула барда.
7 эрчиллии. -ааһын сыһыарыылаах аат тыл хайдах үөскээбитин быһаарыҥ. Сыһыарыыны алҕас туттартан тыл суолтата хайдах уларыйарын көрүҥ. Этиини көннөрөн ааҕыҥ.
Өйдөө²: -ааһын сыһыарыы аһаҕас дорҕоонунан бүтэр туохтуурга, -ыы сыһыарыы бүтэй дорҕоонунан бүтэр туохтуурга эбиллэр: санаа - санааһын, сап - сабыы.
1. Быйыл ахсынньыга Ил Түмэн депутаттарын талааһын буолар. 2. Билигин дьону сирдээһин-уоттааһын үлэтэ саҕаланна. 3. Сааскы ытааһын саҕана дэриэбинэҕэ эр дьону көрбөккүн. 4. Саҥа оскуоланы аһааһын бэркэ ааста. 6. Оҕо сайдааһыныгар көмө оҥороллор. 7. Биригэдьиир кэлэн үлэҕэ ыйааһын биэрэр. 8. Водовозтар толору уулаах хонуулара ирдэнэр.
8 эрчиллии. -аа´ын, -ыы сыһыарыынан үөскээбит аат тылы атын халыыбынан солбуйан ааҕыҥ.
Төрүт аат тылынан.
А) 1. Оҕо идэтин таларыгар төрөппүт сүбэлээһинэ (сүбэтэ) наада. 2. Мунньахтааһын кэнниттэн концерт буолла. 3. Улахан ардах оттооһун үлэтин атахтаата. 4. Уһун айаннааһын кэнниттэн бары да сылайбыт көрүҥнээх этибит. 5. Билигин хаһыат аайы кириитикэлээһин элбэх. 6. Роман сахалыы тылбаастааһына балачча үчүгэй. 7. Бу айымньы туһунан туох түмүктээһини оҥороҕутуй? 8. Ханнык да албыннааһына суох үлэлиэххэ наада. 9. Хонтуруоллааһын лаппа күүһүрүөҕэ. 10. Үлэҕэ араас мэһэйдээһин элбэх.
Б) 1. Биһиги махтаныыбыт муҥура суох. 2. Мин баҕарыым туолуо диэн эрэнэбин. 3. Итинник сиэрэ суох быһыыланыы саха өйүгэр-санаатыгар баппат. 4. Тэрилтэлэр саҥа сыһыаннаһыыны олохтоотулар. 5. Сүрэх ыарыытын тииһигириитэ сотору-сотору киирэрэ. 6. Манна уруулуу сыһыаннаһыы баара көстөр. 7. Эһиги истээччилэрбит эҕэрдэлээһиннэрин истэҕит. 8. Опыт тарҕатыыга үлэлээһин саҕаланна.
Аат туохтуурунан.
1. Аһы-таҥаһы харыстааһын (харыстыыр), кэмчилээһин (кэмчилиир) наада. 2. Эһэм миигин күнү-дьылы билгэлээһиҥҥэ үөрэппитэ. 3. Айылҕаны харыстааһын үгэһин тилиннэриигэ үлэ син барар. 4. Ирбэт тоҥ үөскээһинин биричиинэтэ олус тымныы кыһын уонна кылгас, сөрүүн сайын буолар. 5. Сыана үрдээһинэ кими да үөрдүбэтэ чахчы. 6. Саҥа ньыманы олохтооһуҥҥа үп-харчы наада. 7. Литература кырдьыгын кэпсээһинэ олох кыаллыбат буолбута. 8. Киһи-сүөһү уокка былдьаныытын куттала суоһуур.
9. Ыччаты сахалыы иитиигэ (иитэргэ) литература оруола улахан. 10. Суруйааччы кыра норуот тиллиитин, уһуктуутун, хараҕа аһыллыытын ойуулаабыта. 11. Кинилэр олоҕу үрүҥ-хара кыраасканан көрдөрүүнэн муҥурданыыга тиийбиттэрэ. 12. Учууталбыт биһиэхэ Турцияҕа бара сылдьыытын туһунан кэпсээтэ. 13. Конференция ситиһиилээхтик барыытыттан үөрдүбүт. 14. Сыана ыараан иһиитэ бэлиэтэнэр. 15. Булчуттар хойутаан тиийэн, дьиэ-уот тэринии кыһалҕатыгар түстүлэр.