Тиэкиьи кеннеруугэ эрчиллии
Сорудах. Тиэкис тылын-өһүн көннөрүҥ. Элбэх ахсаан, туохтуу түһүк, атынтан туһаайыы сыһыарыытын, ааһын, -ыы сыһыарыыны, көспүт суолталаах аат тылы, аат туохтууру о.д.а. сөптөөх халыыбынан солбуйуҥ, сыыс тылы булуҥ, тыл бэрээдэгин сааһылааҥ.
Болҕойуҥ: 1) Аат тыл суолтатыгар атын саҥа чааһа туттуллуннаҕына (хойутаабыттар - хойутаабыт дьон оннугар), тымныы, ээл-дээл сыһыаны үөскэтэр, истиҥ-иһирэх сыһыаны сүтэрэр;
2) Туохтуур атынтан туһаайыыта (үөрэтилиннэ, ыытылынна) хайааһын бэйэтэ буоларын курдук суолтаны үөскэтэр, тыл-өс куһаҕаннык иһиллэр, суруйарга ыарахан буолар. Маннык туһаайыы дьыала истиилигэр дьүөрэ.
I тиэкис. Кыайыы 35 сылынан юбилейнай ыһыаҕы тэрийэн баран, иккис күммүтүгэр бары сэрии-үлэ ветераннарын хомуйан, Бороҕоннуур суол төрдүгэр сэргэни туруора барбыппыт. Кылгас, кыра миитини оҥорбуппут. Бу сэргэ 1941-45 с.с. сэриигэ барбыттар, сэрии толоонугар охтубуттар уонна тыыннаах эргиллэн кэлбэтэхтэр сырдык кэриэстэригэр ананан туруоруллубута. Бу сэргэ турбут сирэ тапталлаах эбэлэрин биһиги дьоммут уоттаах сэриигэ баралларыгар бүтэһик төгүл көрбүт сирдэрэ буолар. Ветераннар сэриигэ өлбүттэр кэриэстэригэр сэргэни тула оһуохайдаабыттарын кэннэ эбиэттэппиппит. Сэрии кыттыылаахтарын мүһэнэн, атыттары үтэһэлээх этинэн күндүлээбиппит. Уот оттон ветераннар Эбэлэрин иччитин сэриигэ уонна тыылга өлбүттэр кэриэстэригэр аал уоттарын аһаппыттара. Сорохтор өлбүт дьоннорун санаан улаханнык уйадыйбыттара. Бу кырдьык да уруккуну, хойуккуну санаан ааһар кутурҕаннаах күн этэ гынан баран, кэлэр сырдык олох угуйуута, үчүгэйдик олорорго, үлэлииргэ, ыччаттар тустарыгар хаалбыт олохторун аныырга баҕаран биһиги ветераннарбыт тарҕаспыттара (Үлэ үөһүгэр. Ахтыылар. Дьокууускай, 2010).
II тиэкис.Миигин ийэм алталаах-сэттэлээх сааспыттан хотоҥҥо илдьэ сылдьара. Ордук түүн ынах төрүүрүн манаһарым. Оччолорго ынах түүн төрүүр буоллаҕына, дайаарка хайаан да кэтэһэн, төрөтөн, ньирэйин салатан, эмтэрэн, уоһаҕын ыан, барытын дьаһайан, бүтэрэн баран барара. Сорох ынах бэйэтэ кыайан төрөөбөтөҕүнэ, оҕотун атаҕа быгыыта хайаан да тардыһан, көмөлөһөн таһаараллара. Ону биир киһи кыайыа суох буоллаҕына, киһини көмөлтөҕө ыҥыраллара. Оттон мин сүрүн үлэм диэн тымтык тутааһына. Били испиискэ да кырыымчыга бэрт буоллаҕа буолуо уонна оччо эппиэттээх түгэҥҥэ хайаан да уот сырдыга эрэйиллэрэ. Онно кэмигэр хоруотун тоһутан, эргитэн биэрэн тымтык сөпкө умайарын хааччыйан улахан үлэни толорор курдук сананарым. Оттон тымтыгынан эһэбит оҕонньор Бычыкаа Мэхээһэ кыыһын Барыскыайы, кийиитин Мааппаны кыһыны быһа хааччыйара. Тус-туспа баайталаммыт элбэх түрбэ тымтык үөһээ үрэхтэн, эһэбит олоҕуттан тиэллэн кэлэрэ (Оҕолорун, дьоннорун туһугар. Ахтыылар. Дьокуускай, 2010-37С.)