Зачет соруда5а - 1
Үөрэппит тиэмэҕитин төһө билэргитин тургутунан көрүҥ.
ТУРГУТУК
1, 2, 3 сорудахха сөптөөх эппиэти тал:
1 сорудах
Тыл-өс култуурата диэн: (1баал)
а) Тыл баайа барыта.
б) Тыл кодифицированнай халыыба.
в) Тыл быраабылата суох туттуллар үөрүйэҕэ.
г) Литературнай уонна стилистическай нуорманы тутуһан ыраастык саҥарыы, суруйуу.
д) Грамматикаҕа, лексикаҕа, таба суруйууга, саҥарыыга кытаанахтык олохсуйбут халыып.
2 сорудах
Тыл үөрүйэҕэ (узуальнай нуормата) диэн: (1 б.)
а) Тыл баайын толору туһаныы.
б) Омук тылын «суруллубатах сокуона», дьон тылы быраабылата суох туттар уратыта.
в) Үөрэх кинигэтигэр бэлиэтэммит (кодифицированнай) тыл халыыба.
г) Биир тыл атын тылы кытта булкуһуута.
3 сорудах
Стилистическэй нуорма диэн: (1 б.)
а) Грамматикаҕа, лексикаҕа, таба суруйууга, саҥарыыга кытаанахтык олохсуйбут, саамай табыгастаах, чочуллубут, нарыламмыт халыып.
б) Тылы, грамматика халыыбын, этии арааһын тус-туспа эйгэҕэ, кэмҥэ, атын-атын сыалга-сорукка сатаан дьүөрэлээн таба туһаныы быраабылата.
в) Тыл быраабылата суох туттуллар үөрүйэҕэ.
4 сорудах
Сомоҕо домох (фразеологизм) суолтатын быһаарыҥ: (15 б.) Холобур: Суор хараҕын сиэбит киһи - Эрдэһит киһи.
1. Билэр күөлүм балыга.
2. Муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан.
3. Бытыгын быһа үктүөр диэри.
4. Буутун этэ буста, сиһин этэ ситтэ.
5. Күөх оту тосту үктээбэт киһи.
6. Аҕатын туйаҕын хатарбыт.
7. Таала кырыыланар.
8. Айах адаҕата.
9. Кус сүрэх.
10. Бэлэһигэр биэс иннэллээх.
11. Атахха биллэр.
12. Икки ардыларынан уу тэстибэт.
13. Отуойкаҕа (холуоһаҕа) олорт.
14. Уйатыгар уу киирдэ.
15. Сонун тэллэҕэ салыбырыыр (илигириир).
5 сорудах
Сыыһа туттуллубут тылы, сомоҕо домоҕу булан көннөрүҥ (10 б.): Холобур: Чуор харахтаах оҕо - Чуор кулгаахтаах оҕо
1. Ийэм миин буһаран эрэр -
2. Иннин сырдыктанан көрбөт -
3. Аламаҕай маҕан күн сырдыга -
4. Саа тэбэр да сиригэр чугаһаппат -
5. Харах дала ыларынан -
6. Эрэммит киһитэ салгыны куустарда -
7. Тыаҕа салгынынан тыына таҕыстым -
8. Тарбаҕын иһинэн эргитэр -
9. Илиитин үрдүгэр илдьэ сылдьар -
10. Ыстаана хата турар -
6 сорудах
Өс хоһоонун утары суолталаах тылынан (антоним) ситэриҥ: (10 б.)
1. Биэрэр илии билэр, ... илии билбэт. 2. «Мэ» диэтэххэ, мичик гынар, « ... » диэтэххэ, ... гынар. 3. Биир ... сүтэрбитин, сүүс ... булар. 4. Элбэх тыл сымсах, ... тыл ... . 5. Ыстаабыккын эрэнимэ, ... эрэн. 6. Урукку иҥсэ убаҕас, хойукку иҥсэ ... 7. Таһыттан киирбит таас ытыс, ... тахсыбыт ... 8. Сайын саҕынньах кэтэр, ...... . 9. Арыы үрдүгэр уу дагдайбат, кырдьык үрдүгэр ...... . 10. Тэбиэн саҕа хара санаатааҕар, ... саҕа ... санаа ордук.
7 сорудах
Кэнсэлээрийэ тылын (канцелярит) сүрүн истиилгэ көһөр: (10 б.)
Холобур: От үлэтэ барар - Оттууллар
1. Мунньах ыытыллар -
2. Буруйу оҥоруу тахсар -
3. Ыччакка аналлаах биэрии -
4. Кэпсэтии барар -
5. Төлөбүр оҥоһуллар -
6. Инфекция тарҕаныыта барар -
7. Бэрэбиэркэлээһин ыытыллар -
8. Куһаҕан дьаллыкка ылларыы үөскүүр -
9. Эмтэниини барар -
10. Булчуттарга аналлаах биэрии -