Зачет соруда5а - 2
8 сорудах
Сыыс тылы булан көҕүрэт, хатыланар олохтоох тылы уларыт: (15 б.)
1. Эмтэммит дьон тардар сигареталарын ахсаанын лаппа аҕыйаппыт.
2. Сахалыы кылаас ахсаана элбээтэ.
3. Балыыһаны балыыһа курдук оҥоро сатаатыбыт.
4. 100 тыһыынча солкуобай суумалаах сурутуу.
5. Төбө ыарыытын эмэ.
6. Почтанан сибээс үлэһиттэрэ.
7. Сылгы сүөһүгүт ахсаана төһөнүй?
8. Дьиэ кэргэн олоҕун уйгутун хааччыйар.
9. Биһиги эфирбитигэр эрийэн тиийэн кэллэ.
10. Мунньах икки чаас устатыгар барда.
11. Клиника оҥорор өҥөтүн сыаната үрдээтэ.
12. Өбүгэ күүһүнэн айыллыбыт үтүө үгэс.
13. Табаҕы утарыыга анаммыт күн.
14. Бу буолбут конференция үрдүк таһымнаах.
15. Нэһилиэк былыр-былыргыттан бэйэтин бэйэтэ дьаһанан олорбута.
9 сорудах.
-ааһын, -ыы сыһыарыынан үөскээбит аат тылы уларыт: (10 б.)
Холобур: Арыгылааһын алдьархайа - арыгы алдьархайа.
1. Быыбардааччылар испииһэктэрин чуолкайдааһын үлэтэ салҕанар.
2. Саҥа тахсыбыт киинэни интэриэһиргээһин күүһүрдэ.
3. Түҥэтии хаһаайыстыбаларынан барар.
4. Кымыс сэллиги эмтээһиҥҥэ туһалаах.
5. Аччыктааһынынан эмтэнэри боболлор.
6. Быраас элбэх дьон ыалдьааһыннарын иһитиннэрдэ.
7. Эһэтэ үлэни таптааһыҥҥа ииппитэ.
8. Грипп тарҕаныытын билэ-көрө олороллор.
9. Табахтааһын дьаллыгар ылларыы.
10. Үлэҕэ мэһэйдээһин элбэх.
10 сорудах.
Элбэх ахсаан сыһыарыыта сыыһа туттуллубут түбэлтэтин көннөрүҥ: (15 б.) Холобур: Алтынньы 12-13 күннэригэр - Алтынньы 12-13 күнүгэр
1. Уһун ардахтар кэннилэриттэн өҥүрүк куйаастар түһүөхтэрэ.
2. Грипп араас көрүҥнэрэ тарҕаннылар.
3. Мунньахха мөккүөрдэр тахсаллар.
4. Уһун кыламаннарынан сапсынар хара харахтардаах.
5. Күһүн сэбирдэхтэр түһэннэр сир-дойду чуумпурда.
6. Ыарыһах убаҕастара этигэр-сиинигэр мусталлар.
7. Бу кэмҥэ ыарыылар-сүтүүлэр тахсыбыттара.
8. Кэнники 5-6 сылларга.
9. Илиилэрим көһүйбүттэр.
10. Этэрбэстэрбин уллаттарбытым табыллыбакка, атахтарым тоҥоллор.
11. Тоҥоруулар түһэллэрэ күүтүллэр.
12. Тэрилтэ өҥө араас көрүҥнэрүн оҥорор.
13. Эһиэхэ кыахтар бэриллэллэр.
14. Бу күөлгэ кустар-хаастар түһэн ааһаллар.
15. Үөннэр-көйүүрдэр тиллэллэр.
11 сорудах.
Сахалыы түһүк (падеж) халыыбын сөпкө туттан тыл ситимин тылбаастааҥ: (15 б.) Холобур: Шапка из меха соболя - Киис бэргэһэ.
1. Зима в Якутии.
2. Варенье из черной смородины.
3. Благодарственное письмо.
4. Новости из Москвы.
5. Цены на топливо.
6. Средство от комаров.
7. Конные скачки.
8. У меня мало времени.
9. Вера в бога.
10. Охота на рыб.
11. Цена на авиабилеты.
12. Морс из брусники.
13. Серьги из золота.
14. Гарантийный талон.
15. Крестьянское хозяйство.
12 сорудах
Сөптөөх варианы аннынан тардыҥ: (10 б.)
1. Салгыы киинэ (тула, туһунан) кэпсэтии буолла. 2. Баһаары (кытта, утары) охсуһар үлэ. 3. Ытым эһэни (кытта, утары) охсуһа сылдьара. 4. Көмүлүөк (тула, иннигэр) олорон эрэн кэпсэтиэхпит. 5. Хоһоҕону (утары, сүтэрэр) шампунунан суунар. 6. Вируһу (утары, өлөрөр) эмп сыанатын үрдэппиттэр. 7. Уоту (кытта-, -ттан) сэрэхтээх буолуҥ диэн куруук этэллэр. 8. Радио (нөҥүө, -нан) дьоҥҥутугар эҕэрдэ ыытыаххытын сөп. 9. Терроризмы (утары, утары охсуһар, тохтотор) үлэ күүскэ ыытыллар. 10. Кулуһун (таһыгар, иннигэр, тула) мустан ырыа ыллаабыттара.
13 сорудах
Этиини чочуйуҥ: (10 б.) Холобур: Саҥа арыйыы барыбытын үөрдэр - Саҥа арыйыыттан бары үөрдүбүт.
1. Бу миигин салытыннарар.
2. Саҥа киинэ дьоҥҥо интэриэһиргэттэ.
3. «Бичигинэн» таһаарыллыбыт кинигэ.
4. Кини талааныгар сүгүрүйээччи ахсаана улам улаатан испитэ.
5. Мин баҕа санаам - туһалаах үлэһит буолбут киһи диэн.
6. Испэктээкил дьоҥҥо биһирэттэ.
7. Итиниэхэ төрүөтүнэн хамнас аҕыйаҕа буолар.
8. Сымыйа сурах хас биирдиибитин дьиксиннэрэр.
9. Быйылгы үөрэх дьылыгар карантин уһатылынна.
10. Оҕо төрөөһүнэ элбээһинэ салҕанар.
14 сорудах
Тиэкис истиилин быһаарыҥ (кэпсэтии истиилэ, уус-уран истиил, публицистика истиилэ, дьыала истиилэ, наука истиилэ). (5 б.)
1. СГУ Култууратын киинигэр В. Ларионов аатынан эдэр чинчийээччилэр өрөспүүбүлүкэтээҕи 14-с научнай кэмпириэнсийэлэрэ түмүктэннэ. Манна быйыл Саха сирин 1134 оскуолатыттан 1118 дакылаат киирдэ, элбэх оҕо кытынна диэн СИА суруйар. Тохсунньу 10 күнүгэр академик Ларионов аатын сүгэр кэмпириэнсийэ иккис түһүмэҕэр 257 дэр чинчийээччи кытынна. Түмүгэр Мииринэй куорат хамаандата - бастакы, дьааҥылар - иккис, Чурапчы улууһа - үһүс миэстэҕэ тигистилэр. Сотору бу үс хамаанда Москубаҕа, Санкт-Петербурга уонна Казань куоракка ыытыллар «Инникигэ хардыы» Арассыыйатааҕы научнай-социальнай бырагыраамаҕа кыттыахтара.
2. Саха Республикатын Государственнай Мунньаҕын (Ил Түмэн) уон бэһис уочараттаах пленарнай мунньаҕын 2010 сыл олунньу 17-18 күннэригэр сарсыарда 10ч. Дьокуускай куоракка ыҥырарга. Бу дьаһалы «Саха сирэ», «Якутия», «Ил Түмэн» хаһыаттарга бэчээттииргэ, телевидиенан, радионан биллэрэргэ, Саха Республикатын Государственнай Мунньаҕын (Ил Түмэн) официальнай сайтыгар таһаарарга.
3. Айылгылаах налыы сыһыылардаах, аҥаат-муҥаат алаастардаах Амма-Таатта тардыылаах, адаар хайа эккиннээх, адьырҕаннаах сүүрүктээх Аллан өрүс балыстаах, бөлүөһэр бөдөҥ долгуннаах, бүөрэмньи бүтэй тоҕойдордоох Бүтэй Бүлүү бүүрүктээх, Таас Дьааҥы дьайыҥнаах, муустаах Булуҥ муннуктаах үс үллэр үөстээх, үлүскэннээх сүүрүктээх, өҥ-быйаҥ тыыннаах Улуу Эбэ барахсан үйэ-саас тухары үрүлүйэ сүүрэ сыттаҕа. Ол улуу өрүс орто дугуй тардыытыгар урукку дьыллар уорҕаларыгар, быдан дьыллар мындааларыгар үс үтүө өҥ-быйаҥ толооттор үс аҕас балыс курдук аатыран-аарыгыран айыллыбыттар эбит.
4. Эттиктэр бэйэ-бэйэлэригэр модулунан тэҥ, хайысхатынан утарыта күүстэринэн дьайаллар. Эттиктэр хардарыта дьайар буоланнар, күүстэр пааранан үөскүүллэрэ Ньютон үһүс сокуонуттан көстөр. Эттиккэ күүс дьайар буоллаҕына, булгуччу ити эттик абсолютнай суолтатынан тэҥ, хайысхатынан утары күүһүнэн ханнык эрэ атын эттиккэ дьайар буолар. Ньютон маҥнайгы, иккис, үһүс сокуоннарын курдук, үһүс сокуона эмиэ хамсааһыны ааҕыы инерциальнай систиэмэтигэр эрэ көрүллэр түбэлтэтигэр туолар.
5. - Хайа, Мила, дьыала хайдаҕый?
- Хайдах да буолбатах.
- Та-ак. Дьыала хайдаҕа биллэр.
- Да? Ону хайдах биллиҥ?
- Индукция уонна дедукция көмөтүнэн. Эдэр киһи чаастатык биричиинэтэ суох үөһэ тыынар, киһи саҥатын өйдөөн-дьүүллээн истибэт, сирэйэ кубарыйбыт, харахтара биилэммит буоллаҕына, һи-һи, ол эдэр саас ыарыытын типичнэй түбэлтэтэ. Аата таптал диэн. Куор курдук киһи барыта ыалдьар ыарыыта уонна өссө сыстыганнаах дииллэр.
- Хата бэйэҕэр Мишаттан «трепач» диэн ыарыы сыстыбыт быһыылаах...
- Баҕар буолуо. Эйигиттэн эмиэ туох эмит... Бар, антах олор.