Аат туохтууру туттуу

Аат туохтуур саха тылыгар араас формалаах, элбэх синтаксическай функциялаах, биир куускэ сайдыбыт категория буолара биллэр. Билигин нуучча тылын сабыдыалынан аат туохтуур туттуллара ессе кэнээн иhэрэ тута кестер.

Аат туохтуур билинни уларыйыыта саха тылын байытар эрэ буолбатах. Аат туохтуур угус еттугэр тыл атын грамматическай форматын солбуйар, утуруйэр. Ол тумугэр тыл уhуур, этии ейдуургэ ыарахан, истэргэ, санарарга олурда буолар, эстетиката мелтуур [Петрова Т.И., 1996. - С. 80].

1№. Аат туохтууру сыыһа туттар тубэлтэни кеннерун.| Билинни саха тылыгар аат туохтууру даҕааһын аат оннугар тутталлар.

1.Тоноруллубут балык хараллыыта сайын уустугурар. 2. Саха сиригэр туhаныллар баай хостонор сирдэрэ ессе да элбэх буолуохтаах. 3. Парчаттан тигиллибит, араас одуруонан, бисерынан киэргэтиллибит танас сиэдэрэйдик кестерун угус керееччу кэрэхсээтэ. 4. Харыйа маhынан тутуллубут сайынны ураhа ыhыахтыыр сир аайы баар буолла. 5. Саха сирин саамай кэрэ Куотугар бриллиант кыбытыллыбыт бастынаны кэтэрдиэхтэрэ. 6. 0луу тубэлтэлээх диэбиккэ дылы иитиллибит саа хаата суох ыскаап кэннигэр истиэнэдэ ейенен турбут. 7. Дэхсилэммит суолунан айаннаан истибит.


№. Атынтан туhаайыылаах уескээбит аат туохтууру терут туhаайыынан солбуйун. Хайата ордук учугэйдик иhиллэрин сыаналаан.

(Хатарыллыбыт-хаппыт) сэбирдэх, (уелуллубут-уелбут) собо, (чэпчэтиллибит-чэпчэки) сыана, атыыга (таhаарыллыбыт-тахсыбыт) бородууксуйа, (бэчээттэниллибит-бэчээттэммит) улэ, (устуллубут- уhуллубут) киинэ, (кетутуллубут-кеппут) дордоон, (туhаныллыбыт- туhаммыт) литература, (тунэтиллибит-тунэтик) сир, (сенердуллубут-сенмут) суурадаhын, (олохтонуллубут-олохтоммут) бэрээдэк.

3№. Аат туохтууру сыһыат туохтуурунан солбуйун. Этии истиилэ уларыйда дуо? Холобур: Септеех диагноЬы туруортарбыт ыарыhах утуерэр эрэлэ улаатта. - Ыарыhах септеех диагноЬы туруортаран, утуерэр эрэлэ улаатта.

1. Олимпийскай оонньууларга кыттыбыт спортсменнарбыт кыайан-хотон кэллилэр. 2. Тууhаммыт огурсуну серуун, харана сиргэ ууруллар. 3. Теркаламмыт чесногу уонна ирбит ынах арыытын ветчина±ытыгар кутан булкуйу2. 4. Кыыс суруйа олорор остуолуттан туран кэллэ. 5. Чинчийэр лаборатория кенулун ылбыт сана препарат атыыга тадыста. 6. Быыбар тумугунэн элбэх куолаИы ылбыт депутатка кандидат эрэлэ улаатта.