Туохтууру туттуу

Туохтуур араас халыыбын туттуу

Туохтуур ис хоһоонунан үс бөлөххө арахсар: 1) хайааһыны, туругу бэлиэтиир (бар, сүүр, сыт, ытаа, улаат, таптаа); 2) тыаһы үтүктэр (лыҥкынаа, лис-лис гын, даах диэ, бабыгыраа); 3) дьц'цннццр (баллай, сыллай, хапсы2наа).

Кэпсэтии тылыгар туохтуур бу үс көрүҥҥэ араас халыыпка уларыйан туттуллар: 1) көрүҥ (са±алыыр, уһуур, кылгыыр, түмүктүүр, төхтүрүйэр, тиэтэрэр); 2) киэп (кэпсиир, соруйар, сэрэтэр, болдьуур, бигэргэтэр, буолуон сөптөөх, буола илик, цгэс); туһаайыы (төрүт, дьаһайар, бэйэни, холбуу); буолар-буолбат форма (бар/барыма); атаахтатар форма (бараахтаа); ханыылаан этии (барар-кэлэр), хоһулаан этии (көрө-көрө көрбөтө±ө), эбиискэ арааһын кытта (сылдьыбыттаа±а эбитэ үһү).

1 СОРУДАХ. Скобканы арыйан көрүҥ халыыбын үөскэтиҥ. Холобур,    Киллэрэн иhэн, биир саллаат көхсүгэ (ас) аспытыгар Мотуоһа муостаҕа тиийэн "сар” (гын) гына дэлби (түс, талбаар, уҥ, сыт) түһэн талбааран уҥан сытта.

1.  Тобулаарап пистолетын хаатыттан сулбу (тар, ыл, суур, тиий) Мотуоhа сүүһүгэр (тирээ, бар, ыххай) тоҕо (ыстан). (ЭЭ КО). 2. Ньоҕорук дэлби (ыстан, тур) да, көхөҕө (ыйаа, тур) көмүс эрдэhин уктаах кыл дөйбууру сулбу (тарт, ыл), кыл диэки өттүнэн (тут), Уйбаан Дууhаны угунан (сырбат). 3. Ньоҕорук Ньукулай (эргилин, көр, тус, бар), хаһааҥҥыттан эмэ өстөөҕүн көрбүт курдук, ыыстыйбыт араҕас хаана (дьэбидийэ, гын, түс). (ЭЭ УД). 4. ... оҕонньор арыгытын түөрэ (ис, кэбис, бар), аһыырдатан ньамас (гын), сирэйин мырдыччы (тутун, тур) кыыска илии (тутус, сыбдый, кэл). 5. ... эмээхсин (тур), уот анньар маһы сулбу (тарт, ыл): "Чэ, таҕыс, таҕыс!” - диэн кэннинэн ааны (ас, таһаар, кэбис).


2 СОРУДАХ. Туохтуур (тыаһы утуктэр тыл) олоҕуттан төхтөрүйэр көрүҥү үөскэтиҥ. Холобур: Кэнниттэн ытыалаан бачыр+±аппыттара да±аны, таппатахтара быһыылааҕа...   

1. Тыаллаах күҥҥэ буспут сэлиэhинэй, сатала суох улахан иһиттээх кыыймыт арыылыы, дохсун-дохсуннук (долгуй). 2. Кыра ньирэйдэрин моонньуларыттан кууhа-кууhа оҕо курдук (таптаа). 3. Остуол муннугар олорор адам киһи, хаҥас иэдэһин ибирдэтэ-ибирдэтэ санаран (добдуй). 4. Кини Гай сырдык күөх көстүүмүн, үрүҥ солко соруочукатын абарбыт курдук (көр). 5. Икки киһи атаҕын тыаhа ыраахха диэри (хоочур). 6. Оччоҕо дьон кэтэhэн көрөн баран, көхсүлэрин этитэ-этитэ үлэҕэ барардыы таҥнан (хачыгыраа).


3 СОРУДАХ Тиэтэтэр көрүҥээх туохтуур-кэпсиирэни ситэриҥ. - махтаа, -бахтаа сыЬыарыынан уескэтэргитин умнумаҥ. Холобур,   көрбөхтөө, ылбахтаа,   суруйбахтаа, имэриммэхтээ.

1. Наум Петрович бөппүрүөскэтин иҥсэлээхтик (обор). 2. Никанор улаханнык саҥарбытыттан сылайан өрүтэ (тыын). 3. Иван, сирэйэ чоххо баттаабыт курдук буолан, тарбаҕынан буору (хаһый). 4. Трактор киһитин санаатын өтө сэрэйэр курдук, суостаахтык дьигиhийэр, күүскэ (дьүккүй). 5. Онуоха суотчут симириктиирэ ордук хойдор, кубарыйбыт сонун сиэптэрин (хастар). 6. Всеволод Николаевич тохтуу тустэ, кехсун этиттэ, уна ытыһынан сүүһүн  (имэрин, ыл). 7. Онтон икки кулгааҕа, мэктиэтигэр тыс-тыс тыаhаан ыла-ыла, бүрүтэ (ыл) хам (тутан, кэбис). 

4 СОРУДАХ. Саҕалыыр көрүҥнээх этиини ситэрэн суруйуҥ.  Холобур, мэник харахтарын дьэргэтэн быган кэллэ.

1.... били маанылаах сиэн оҕолоро мэник харахтарын (дьэргэт, бык, кэл). 2. Хачыгыр көһүйбүт көхсүгэр тоттук оҕо сутуруга (битий, бар). 3. Онтон Хачыгыр харахтарыттан кыымнар (бырдаҥалаа, түc). 4. ... Бачыгыратар Баһылай, кыламмытынан ыстанан кэлэн, өрө көрө (түc, бар) хара быарга (тиҥилэхтээ, кэбис). 5. Хачыгыр иниир-ситиитэ (тарт, кэбис) өрө (тэй, түc) нусхас (гын). 6. Ыт буоллаҕына киhи мэйиитигэр хатаныах курдук сып-сытыытык (часкый, түc) баҕалыы, түөһүнэн (сыыл, хаал). (Эрилик Эристиин. "Хачыгыр”).