Туохтуур атаахтатар халыыбын туттуу
Саха тылыгар туохтуур олоҕор сыстар -аахтаа сыһыарыынан ньырамсытар эбэтэр атаахтатар суолталаах ураты халыып баар. Yeрэхтээхтэр бэлиэтииллэринэн, атаахтатар халыып диэн аатынан биллэр кыччатыы категорията субъегы намтата, кыратыта, сэнии сыаналыыр туохтуур биир ураты кeстүүтэ буолар. Туохтуур бу категориятын дьин ис хоһооно - санарар киһи субъекка сыЬыанын кeрдeрүү. Бу сыһыарыыны саҥарааччы аһынар, таптыыр истин иэйиитин эбэтэр KYЛYY-ЭЛЭK гынар, сэниир, үгэргиир тус сыhыанын тириэрдэригэр туттар.
38№. Атаахтатар халыып кэрчик аайы туох суолталаах туттулларын быһаарыҥ (аһыныы, сэнэнии, үгэргээһин). Холобур маннык эппиэттээҥ: 1 этиигэ - аһыныы.
1. - Уолум уhун муҥнаах! Мин этэрбин-сэрэтэрбин ейдеен-дьүүллээн истээхтээбэтиҥ, барытын кулгааҕыҥ таһынан аhараахтаатыҥ (Д ТК). 2. Ол буор балыксыт кэргэнэ буолбут даҕаны диэхтээн... (Д ТД).
3. Тулаайах кыысчаан муос кыыЬын кууспутунан ... утуйан хаалаахтаабыта. (Д ТО). 4. Орто уоллара утуйан хаалан бу астан матаахтаата. (А К).
5. Бу оһох эмиэ буруолаан чолойо сытыйаахтаабыккын дии!